Content-Length: 211331 | pFad | http://sah.wikipedia.org/wiki/1953

1953 сыл — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

1953 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: 1953 көстө)
Сыллар
1949 1950 1951 195219531954 1955 1956 1957
Уоннуу сыллар
1920-с 1930-с 1940-с1950-с1960-с 1970-с 1980-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1953 сыл.

  • Тохсунньу 13 — «Правда» хаһыакка биллиилээх быраастары, сүнньүнэн дьэбириэйдэри, сэбиэскэй салайааччылары сүһүрдэн өлөрөөрү сылдьаллара билиннэ диэн буруйдуур ыстатыйа тахсыбыт.
  • Ыам ыйын 4Эрнест Хемингуэйгэ «Оҕонньор уонна байҕал» кэпсээнин иһин Пулитцер бириэмийэтэ анаммыт.
  • Ыам ыйын 8 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.
  • Ыам ыйын 26Норильскайга ГУЛаг хаайыылаахтарын бастаанньата саҕаламмыт. ГУЛаг устуоруйатыгар саамай бөдөҥ уонна уһун кэмнээх бастаанньа. Сүрүн төрүөтүнэн Сталин өлбүтүгэр холуобунай буруйу оҥорбуттары эрэ амнистиялаабыттара буолбут, Горлаг диэн ааттанар Норильскай лааҕырдарыгар элбэх бэлиитикэ ыстатыйанын олорооччулар бааллар эбит. Хам баттааһын кэмигэр 150, сорох дааннайынан 200 киһи өлбүтэ.
  • Ыам ыйын 29Саҥа Зеландияттан төрүттээх альпинист Эдмунд Хиллари (Edmund Hillary) уонна Непал олохтооҕо шерпа Тенцинг Норгей (Tenzing Norgay) Джомолунгма (Эверест) чыпчаалыгар тахсыбыт дьонтон бастакы буолбуттар.
  • Ыам ыйын 30ССРС Туурсуйаттан сирдэри, холобур Карс куораты, былдьаһартан батыммыт.
  • Бэс ыйын 17 — ГДР-га политическай кризис буолбут. Илин Берлииҥҥэ нуорманы үрдэтиини утаран оробуочайдар өрө турбуттар, Илин Германия үрдүнэн 500-чэ сиргэ демонстрациялар буолбуттар. Бу өрө турууну сэбиэскэй таанкалар уонна ньиэмэс народнай полицията хам баттаабыттара.
  • Бэс ыйын 18Эгиипэт өрөспүүбүлүкэ буолбут (1922 сыллаахха Улуу Британияттан тутулуга суох буолбута).
  • Бэс ыйын 25 — Егор Петров, СӨ Илин билимҥэ уонна техникаҕа бириэмийэтин лауреата, СӨ НА академига, техника билимин дуоктара.
  • Сэтинньи 11Феодосия Габышева — Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы (2010-2014), СӨ үөрэҕин миниистирэ (2003-2010, 2014-2016).










ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: http://sah.wikipedia.org/wiki/1953

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy