Content-Length: 277687 | pFad | https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A2%D0%BE%D1%85%D1%81%D1%83%D0%BD%D0%BD%D1%8C%D1%83_24

Тохсунньу 24 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Тохсунньу 24

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 24-с күнэ. Сыл бүтүө 341 күн (ордук хонуктаах сылга 342 күн) баар.

  • ХНТ ХНТҮөрэҕирии аан дойдутааҕы күнэ. "Үөрэҕи ылыы — киһи сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ, оттон үөрэхтээх буолуу — дойдулар бигэ сайдар сүрүн тосхоллоро" — диир ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Антониу Гутерриш.
  • Эскимо күнэ
  • Румыния Румыния — Румыния княжестволарын холбоһууларын күнэ. 1859 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Молдавия уонна Валахия холбоспуттар
  • Ииндийэ ИиндийэУттар-Прадеш күнэ
  • 41 — Үс Претория гвардеецтара Калигуланы утары саагыбар тэрийбиттэр, Рим импиэрийэтин ыраахтааҕытын, кини ойоҕун уонна кыыһын өлөрбүттэр. Сорох сенатордар маны туһанан өрөспүүбүлүкэни сөргүтэ сатаабыттар да, сатамматах, онон тиһэҕэр тыыннаах хаалбыт Калигула ыарыһах таайа Клавдий импэрээтэр буолбут.
  • 1758Сэттэ сыллаах сэрии кэмигэр Кенигсберг олохтоохторо Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Елизавета Петровнаҕа бирисээгэ биэрбиттэр (олор истэригэр аатырбыт ньиэмэс бөлөһүөгэ Иммануил Кант баар этэ). Онон Пруссия 1763 сыллаахха диэри Арассыыйа импиэрийэтигэр киирэ сылдьыбыта.
  • 1848Калифорнияҕа Сакраменто куоратыттан чугас уу миэлиҥсэтин тута сылдьыбыт болуотунньук Джеймс У. Маршалл кыһыл көмүс булбут. Сотору кэминэн Калифорния көмүс түрүлгэнэ саҕаламмыта.
  • 1857Калькутта университета олохтоммут, Соҕуруу Азияҕа бастакы университет.
  • 1859 — Молдавия уонна Валахия княжестволара холбоспуттар (кэлин холбоһук Румыния диэн ааттаммыта). Баһылыгынан (домнитор диэн ааттанара) Александру Иоанн Куза буолбут.
  • 1919Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) 1КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
  • 1931 — Москубаҕа «Ромэн» тыйаатыр олохтоммут, билигин үлэлиир сыгаан тыйаатырдарыттан саамай кырдьаҕастара.
  • 1944 — Корсунь-Шевченковскай эпэрээһийэ саҕаламмыт. Бу олунньу 17 күнүгэр диэри буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа чаастара 140 тыһыынча киһилээх ньиэмэс чаастарын Украина Корсунь-Шевченсковскай куоратыгар төгүрүйбүттэрэ уонна урусхаллаабыттара.
  • 1946Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
  • 1984 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
  • 1998Вячеслав Штыров туруорсуутунан 1992 сыллааҕы дуогабар хос көрүллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнөр урукку "Якуталмаз" ПНО имущественнай комплексын куортамын сыаната 27 бырыһыантан 21,5 бырыһыаҥҥа түспүт. Бу төлөбүр оччотооҕуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн киирэр үбүн сүрүн ыстатыйата этэ. Маны таһынан, Штыров туруорсуутунан, бу кэмҥэ тэрилтэ имущественнай комплексын сыаната уонтан тахса төгүл түһэриллибитэ.
  • 2010Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.
  • 2023 — "Оскар" бириэмийэҕэ "Бастыҥ документальнай киинэ" номинацияҕа 5 номинант иһигэр Саха сириттэн сылдьар Максим уонна Евгения Арбугаевтар "Выход" диэн документальнай короткометражкалара киирбитэ биллибит. Бу 25 мүнүүтэлээх киинэҕэ Чукотка байҕалыгар мордьолору чинчийэр учуонай үлэтэ көстөр.










ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A2%D0%BE%D1%85%D1%81%D1%83%D0%BD%D0%BD%D1%8C%D1%83_24

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy