Турмалиин
Турмалиин — силикаат көрүҥэ, састаабыгар алюминий, бор, марганец уонна магний киирэллэр. Өҥнөрө араас буолар, араас оттеноктара тус туспа ааттаахтар. Рубин курдук кыһыл таастары рубеллит эбэтэр малиновай шерл дииллэр, хараҥа малина уонна лиловай-кыһыл таастары сибирит дииллэр, от күөхтүҥү турмалиин — верделит, халлаан күөх — индиголит. Саһарахайдыҥы хоҥор таастары дравит дииллэр. Сэдэхтик көстөр өҥө суох таастары ахроит дииллэр. Хара турмалиин шерл диэн ааттанар. Бразилияҕа хостонор чаҕылхай от уонна халлаан күөҕэ таастары параиба дииллэр[1].
Сыаната
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Наһаа үрдүк буолбатах. Биир караата 20-50 дуоллар. Саамай сыаналаах роза өҥнөөх, кыһыл уонна от күөҕэ турмалииннар. Параиба сыаната 4-6 тыһыынча дуолларга тиийэр, сороҕор 20 тыһыынча кытта буолар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Всё о драгоценных камнях. Стоун Джаспер. СПб, ООО «СЗКЭО», 2009. — 176 с. ISBN 978-5-306-00346-7