Content-Length: 163546 | pFad | https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%B0%D0%BD_%D0%B4%D0%BE%D0%B9%D0%B4%D1%83%D1%82%D0%B0%D0%B0%D2%95%D1%8B_%D1%85%D0%B0%D1%80%D1%87%D1%8B_%D0%BF%D1%83%D0%BE%D0%BD%D0%B4%D0%B0%D1%82%D0%B0

Аан дойдутааҕы харчы пуондата — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Аан дойдутааҕы харчы пуондата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
IMF сүрүн дьиэтэ, Вашингтон

Аан дойдутааҕы харчы пуондата (ааҥл. International Monetary Fund, нууч. Междунаро́дный валютный фонд) - ХНТ иһинэн үлэлиир үп тэрилтэтэ.

Бу тэрилтэни тэрийэр туһунан этии 44 дойду бэрэстэбиитэллэрэ сүбэлэһэр Бреттон-Вудтааҕы 1944 сыллаахха от ыйыгар буолбут кэмпириэнсийэлэригэр киирбитэ. Этии сүрүн соруга валюта куурсун өйүүргэ туһаайыллыбыт этэ. Онон этиини олохтооҕунан ааҕаннар тэрилтэ 1945 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр олохтоммута. ССРС бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта эрээри бу докумуону ратификациялаабатаҕа[1].

Билигин МВФ чилиэннэринэн 180-тан тахса дойду буолаллар.

  • Валюталар куурустарын бигэ туруктаах оҥоруу
  • Дойдулар төлөбүрдэрин балаансын дэписсиитин быстах кэмҥэ үбүлээһин
  • Дойдуларга үп-харчы эйгэтигэр сүбэ биэрии
  • Техническэй өттүнэн көмөлөһүү.

МВФ чилиэннэрэ пуондаҕа усунуос киллэрэллэр. Куоластыырга аан дойду эргиэнигэр дойду ирээтэ, дойду дохуота уонна төһө харчыны резерваҕа биэрбитэ ааҕыллар. АХШ куолаһа, холобур, ханнык да дойдуттан 2 төгүл ордук.

МВФ дойдулары дьаһайар кыаҕа суох, ол эрээри иэс харчы биэриэ суоҕун сөп.

Аан дойду Баана

  1. Валюты стран мира, справочник, "Финансы", 1976.










ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%B0%D0%BD_%D0%B4%D0%BE%D0%B9%D0%B4%D1%83%D1%82%D0%B0%D0%B0%D2%95%D1%8B_%D1%85%D0%B0%D1%80%D1%87%D1%8B_%D0%BF%D1%83%D0%BE%D0%BD%D0%B4%D0%B0%D1%82%D0%B0

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy