Content-Length: 273721 | pFad | https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9A%D1%83%D0%BB%D1%83%D0%BD_%D1%82%D1%83%D1%82%D0%B0%D1%80_27

Кулун тутар 27 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Кулун тутар 27

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 86-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 87-c күнэ). Сыл бүтүө 279 күн баар.

  • 1625Карл I Англия, Шотландия уонна Ирландия хоруола буолбут, ону таһынан Франция хоруола буолуон баҕарарын биллэрбит.
  • 1733 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр (урукку ааҕыыннан кулун тутар 16) В. Беринг Иккис Камчааткатааҕы эспэдииссийэтин тэрийэргэ тахсыбыт ыйаахха Тобольскайтан Дьокуускайга диэри ыйга биирдэ почтаны таһар туһунан ыйыллыбыт. Мантан саҕалаан онно анаан суолу уонна дьаамнары тутуу саҕаламмыт.
  • 1854 — Кырыым сэриитэ саҕаламмыт. Англия уонна Франция Арассыыйаҕа сэриини биллэрбиттэр.
  • 1898 — Арассыыйа Кытайтан Порт-Артур уонна Дальняй портары 25 сылга куортамнаабыт.
  • 1907Иван Крафт Дьокуускайга кэлбит уонна күбүрүнээтэр буолбут.
  • 1920 — Деникин сэриилэрэ Кырыымҥа чугуйбуттар.
  • 1928 — Конфедералистар хамсааһыннарын хам баттааһын кэмигэр 24 «бандьыыт» холуобунай дьыалата көрүллүбүт. Ол түмүгэр 20 киһи сууттаммакка эрэ бириигэбэрдэнэн ытыллыбыттар — Павел Ксенофонтов, Михаил Артемьев уонна да атыттар.
  • 1953 — ССРС-ка хаайыыга сытааччылары амнистиянан босхолуур туһунан биллэриллибит.
  • 1958Никита Хрущев ССРС совминын бэрэстээтэлэ буолбут.
  • 1964Аляскаҕа буолбут сир хамсааһынын түмүгэр 118 киһи өлбүт.
  • 1973 — Марлон Брандо "Крестный отец" киинэҕэ оонньоон тиксибит Оскар бириэмийэтиттэн батыммыт. Кини аатыттан Сачин Кыра Куорсун (Sacheen Littlefeather) диэн индеец кыыһа тыл эппит. Ол саҕана Вундед-Ли диэн индеецтэр бөһүөлэктэригэр атаҕастабылы утарар сэбилэниилээх өрө туруу буолбутун былаастар күүһүнэн хам баттыы сатаабыттара, онтон сылтаан дойду үрдүнэн индеецтэри өйүүр хамсааһын саҕаламмыта. Марлон Брандо кыыска 15 сирэйдээх этии бэлэмнээн биэрбитэ, ол этиини кэлин пресс-кэмпириэнсийэҕэ аахпыттара, онно маннык тыллар бааллара: "Биһиги кинилэри өлөртүүр этибит. Биһиги кинилэри албыннаабыппыт. Биһигини кинилэри төрүт сирдэриттэн үүрбүппүт..."
  • 1981 — «Солидарность» диэн тутулуга суох идэлээх сойуус Польшаҕа дойдуну барытын хабар забастовка тэрийбит.
  • 1993Цзян Цзэминь Кытай салайааччыта буолбут.
  • 1996 — Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр Илин Пруссия иһин кыргыһыыга хорсун быһыыны оҥорбут Михаил Стрекаловскайга Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 2011 — Арассыыйаҕа сайыҥҥы кэмҥэ көһүү тиһэҕин буолбут. Бу кэнниттэн сайыҥҥы-кыһыҥҥы диэн чаас сыҕарыйбат буолбута.
  • 2020Хотугу Македония НАТО 30-с чилиэнэ буолбут.
  • 1928 — Михаил Артемьев (1888—1928) — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха сирин политическэй диэйэтэлэ. Аатырбыт конфедералистар бастаанньаларын салайааччыларыттан биирдэстэрэ.
  • 1968 — авиакатастрофаҕа бастакы космонавт Юрий Гагарин (1934 төр.) өлбүт.










ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9A%D1%83%D0%BB%D1%83%D0%BD_%D1%82%D1%83%D1%82%D0%B0%D1%80_27

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy