1972
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1968 1969 1970 1971 — 1972 — 1973 1974 1975 1976 |
Уоннуу сыллар |
1940-с 1950-с 1960-с — 1970-с — 1980-с 1990-с 2000-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1972 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 11 — Илин Пакистан аатын Бангладеш диэҥҥэ уларыппыт.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 21 — Сэбиэскэй «Луна-20» космос хараабыла Ыйга түспүт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 10
- Бактериялаах сэрии сэбин бобуу туһунан аан дойдутааҕы Конвенцияҕа илии баттаммыт.
- Кытайга Шаньдун провинциятыгар тутуу кэмигэр алҕас бамбуукка суруллубут кинигэлэри былыргы көмүүттэн булбуттар, ол кинигэлэр истэригэр Сунь-Цзы «Сэрии ускуустубата» уонна сүтэ сылдьыбыт Сунь Бин байыаннай тарактаата бааллара.
- Муус устар 19 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттарынан ырыаһыт Анегина Ильина уонна үҥкүүһүт Геннадий Баишев буолбуттар.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 4 — 1971 сыллаахха Канаадаҕа олохтоммут «Долгуну көтөҕүмэ» экология кэмитиэтэ аатын «Гринпис пуондата» диэҥҥэ уларыппыт.
- Ыам ыйын 14 — Литваҕа Каунас куоракка Роман Каланта диэн эдэр киһи дойдутун оккупациялааһыны утаран бэйэтин уматыммыт.
- Ыам ыйын 15 — Москубаҕа аан бастаан Николай Якутскай "Көмүстээх үрүйэ" сэһэнинэн уһуллубут "Тайна предков" уус-уран киинэ көстүбүт. Сценарийын 1966 сыллаахха Лев Габышев суруйбута, онтун Таджикфильмҥа үлэлиир артыыска уонна режиссерга Марат Арыповка көрдөрбүтэ, киинэни устуу үлэтэ 1969 сыллаахтан саҕаламмыта. Сүрүн оруоллары саха артыыстара оонньообуттара.
- Ыам ыйын 15 — Рюкю арыылара Японияҕа төннөрүллүбүттэр, 1945 сыллаахха АХШ ылбыта.
- Ыам ыйын 22 — Ричард Никсон Москубаҕа тиийбит. ССРС-ка сылдьыбыт АХШ иккис бэрэсидьиэнэ буолбут.
- Ыам ыйын 26 — ССРС уонна АХШ баллистическай ракетаттан хаххалыыр сэрии сэбин (ПРО) хааччахтыыр туһунан дуогабар түһэрсэллэр.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 31 — Арҕаа Германия Мюнхеныгар Олимпийскай оонньууларга Дмитрий Коркин иитиллээччитэ Роман Дмитриев көҥүл тустууга кыһыл көмүс мэтээли ылбыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 8 — АХШ-ка Home Box Office (HBO) төлөбүрдээх тэлэбиидэнньэ ситимэ баар буолбут.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 11 — Ыйга сылдьыбыт киһилээх хараабыллартан бүтэһигэ Аполлон-17 Ый ньууругар олорбут.
- Ахсынньы 17 — ССРС 50 сыла туолуутун бэлиэтээн Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана олохтоммут. Бу уордьанынан Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) наҕараадаламмыта. 1994 сыллаахха Доҕордоһуу уордьанынан солбуллубут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 22 — Николаев Айсен Сергеевич, саха политига, 2012 сылтан Дьокуускай куорат администрациятын баһылыга.
- Ыам ыйын 23 — Найк Борзов, рок-музыкант, бэйиэт, ырыаһыт, ырыалар ааптардара.
- Алтынньы 17 — Эминем — АХШ рэпера, артыыс уонна продюсер. «Грэмми» бириэмийэ 11 төгүллээх хаһаайына.
- Ахсынньы 23 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга (Томпо) Сергей Баланов — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Харитонов Иона Матвеевич — Саахардаах (1889 - 1972), олҥхоһут.
- Тохсунньу 13 — Харитонов Лука Никифорович (1901 - 1972), филология доктора, профессор
- Ыам ыйын 6 — Виктор Драгунскай (1913 төр.), оҕо сэбиэскэй суруйааччыта.