Иһинээҕитигэр көс

Бэрэсидьиэн

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэрэсидьиэн эбэтэр президе́нт (латыын тылыттан нуучча тылын нөҥүө киирбит тыл: praesidens — инники олорооччу) — өрөспүүбүлүкэ көрүҥнээх дойдуларга ил баһылыга.

Ил түмэн өрөспүүбүлүкэлэригэр (нууч. парламентские республики) бэрэсидьиэни Ил түмэн талар. Бэрэсидьиэн өрөспүүбүлүкэлэригэр (нууч. президентские республики) быһа эбэтэр атын Ил түмэн кыттыыһыыта суох ньыманан талыллар. Бэрэсидьиэн өрөспүүбүлкэлэригэр баһылык киэҥ боломуочуйалаах буолар, үксүн или (судаарыстыбаны) уонна бырабыыталыстыбаны быһаччы салайар. Оттон ил түмэн өрөспүүбүлүкэлэригэр Конституцияҕа баһылык киэҥ боломуочуйалааҕа сурулларын үрдүнэн дьиҥ былааһы премьер-миниистир тутан олорор.[1]

pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy