Валенсия
Вале́нсия (вал. València [vaˈlensja], исп. Valencia [baˈlenθja]) — Испания куората, Валенсия аптаныамыйалаах сообщество уонна провинция киинэ[1]. Мадрид уонна Барселона кэннилэриттэн олохтоохторун ахсаанынан үһүс куорат. Турия өрүс Сир ортотунааҕы байҕал түһэр сиригэр турар.
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Б.э. инн. 138 сыллаахха римляннар олохтообуттара диэн ааҕыллар. Ол эрээри ол да инниттэн гириэктэр уонна карфагеннар түөлбэлээн олорбут сирдэрэ. Б.э. инн. I үйэҕэ куораты лузитааннар ылбыттара, урусхаллаабыттара. Сотору кэминэн Рим консула Децим Юний Брут Каллаик куораты саҥаттан туппута уонна Валентия (лат. Valentia) диэн ааттаабыта, ол аата Кириэппэс, диэн суолтаттан ураты Үтүө билгэ диэн суолталааҕа. Август император ыраахтааҕылыыр кэмигэр култуурата уонна экэниэмикэтэ муҥутуурдук сайдыбыта — онно Via Sucronense диэн атыы-эргиэн суола ааһара олук буолбута.
413 сыллаахха Валенсияны вестготттар былдьаабыттара, манан Рим провинцията буолан бүппүтэ.
714 сыллаахха куораты маврдар, ылбыттара, Кордовия халифатын сорҕото гыммыттара. Вестготтар саҕана буомурбут куорат салгыы чэлгийэ сайдыбыта. 718 сылга олохтоохторун ахсаана 15 тыһыынча киһи буолбута. XI үйэ саҕаланыытыгар Мавритания Валенсията муҥутуур сайдыытын ситиспитэ, халифат ыһыллыбытын кэннэ үөскээбит Мавритаан хоруоллугун киинэ буолбута. образовавшегося после развала халифата. 5 үйэ кэриҥэ маврдар куораттара буолан турбут кэмигэр нүөлсүтэр ханааллар, тутуллубуттара, куорат эркиннэрэ хос тутуллубуттара (1021—1061 сыллар), сөҕүмэр уопсастыбаннай тутуулар баар буолбуттара (аныаха диэри арааб баанньыктара бааллар), куорат эргиэн киинэ буолбута.
Олохтоохторо
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Количество зарегистрированных жителей Валенсии. (1787—2011) |
---|
Төрүтэ: Национальный институт статистики Испании[2][3] |
Куорат испаанныы саҥарар, ол эрээри бырабыыталыстыба валенсия тылын тарҕата сатыыр. Олохтоохторун ахсаана иммиграция суотугар элбиир.
Кэрэ-бэлиэ сирдэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куорат кэрэ бэлиэ сирдэринэн баай — «Мигелете» диэн аатынан биллэр холокуолуналаах сүдү готическай собуордаах (онно харалла сытар былыргы иһити Папа Римскэй Ытык Грааль быһыытынан билиммитэ), былыргы ис-тас барааннара баай киэргэллээх сыаркаптар, куораты көмүскүүр тутуулар сорҕолоро, ол иһигэр хас да сүдү боруота, орто үйэлэлэргэ тутуллубут Ла Лонха дэнэр солко биржатын дьиэтэ, былыргы куорат дьиэлэрэ, 19 үйэҕэ — сүүрбэһис үйэ саҕалыныытыгар тутуллубут модерн истиилинэн тутуллубут дьиэлэр (сабыылаах баһаардар, вокзал, почтамт), түмэллэр, аныгы зоопарка уонна океанариум. Валенсия Аан дойду Утумун испииһэгэр 1996 сыллаахтан киирэр.
Түмэллэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Музей изящных искусств Валенсии (исп. Museo de Bellas Artes San Pío V).
- Гонсалес Марти аатынан Керамика түмэлэ.
- Байыаннай түмэл (Валенсия).
- Валенсия устуоруйатын түмэлэ (исп. Museo de Historia de Valencia).
- Лонха-де-ла-Седа — солко бииржатын дьиэтэ.
- IVAM аныгы ускуустуба галереята.
- Музей науки имени Принца Филиппе (кат. Museo de les Cièncias Príncipe Felipe, (исп. Museo de las Ciencias Príncipe Felipe).
- Музей Патриарха (старинная живопись).
- Museo Fallero
- Музей Риса (исп. Museo del Arroz).
- Дом-музей Бласко Ибаньеса (исп. Casa Museo Blasco Ibáñez).
Ини-бии куораттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Майнц, Германия (1978)
- Болонья, Италия (1980)
- Валенсия, Венесуэла (1982)
- Одесса, Украина (1982)
- Веракрус, Мексика (1984)
- Сакраменто, АХШ (1990)
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Валенсия // Военная энциклопедия : [в 18 т.] / под ред. В. Ф. Новицкого [и др.]. — СПб. ; [М.] : Тип. т-ва И. В. Сытина, 1911—1915.
- ↑ INE: Datos de 1857 a 2010. www.ine.es (2010). Төрүт сириттэн архыыптанна 5 Атырдьах ыйын 2012.
- ↑ José Moñino y Redondo, I conde de Floridablanca. Censo español executado de orden del rey comuicada por el Conde de Floridablanca en el año de 1787. (es) // INE. — 1787.