Мартин Лютер
Мартин Лютер (ниэм. Martin Luther, Сэтинньи 10 1483 Айслебен – Олунньу 18, 1546 Айслебен) диэн ниэмэс христианство манааҕа уонна теолога (таҥараны үөрэтээччи). Кинини Протестант Реформацияны саҕалаабытынан ааҕаллар. Ол түмүгэр Протестант сиэркэптэрэ Рим Католик сиэркэптэриттэн арахсабыттара. Кини Протестант бастакы сиэркэбин - Лютеран таҥара дьиэтин олохтообута,
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Лютер Эрфурт университетыгар философияны үөрэппитэ. 1505 сыллаахха Августин уордьаныгар манаах быһыытынан киирбитэ. Лютер теологияны уонна былыргы тыллары үөрэппиттэрэ. 1512 сыллахха Виттенберг университетыгар теология дуохтара буолбута, уонна Псалм уонна Сибэтиэй Павел суруктарыгар олохтоммут лиэксийэлэри ааҕарын саҕалаабыта.
1517 сыл алтынньы ыйыгар 95 Тезиһын суруйбута. Онно сиэркэп араас олохтоммут идеяларын боппуруостаабыта, ол быыһыгар Папа Римскай былааһын, индульгенцияны уонна да атыттары. Ол бириэмэҕэ Католик таҥара дьиэтэ киһи өлбүтүн кэннэ чистилищеҕа барбат курдук, тута ыраайга барар "индульгенцияны" атыылыыр этэ. Ол сөп эбит буоллаҕына дьадаҥы дьон ыраайга сатаан барбат буолаллара, уонна таҥара дьиэтигэр үлэлиир аҕабыттар байаллара. Лютер ону сыыһа уонна Библияҕа утарар диэн толкуйдуура.
Павел Суруктарын үөрэтэн баран "сола фиде" диэн толкуйга кэлэр. Ол аата итэҕэл эрэ нөҥүө Таҥараттан быыһанаҕын. Оччоҕуна араас үгэс сыыһа буолар уонна тохтотуллуохтаах диэн санааҕа кэлэр.
Бастаан Лютер Рим Католик сиэркэбин уларытыахха сөп диэн толкуйдуура, ол гынан баран Папство кини толкуйун ересь диэн ааттаабыта уонна 1520 сыллаахха таҥара дьиэтиттэн араарбыта уона кинилэр Лютер ыраайга барар бырааба суох диэн сурук суруйбуттара. Кини ол сыл алтынньытыгар дьону хомуйан ол кумааҕыны умаппыта уонна Сиэркэп тылын истибэтин туһунан кэпсээбитэ.
1521 сыллаахха Карл V император Вормскай рейхстакка ыҥырбыта уонна истэн баран санаатын уларыппытын туһунан ыйыппыта. Ол гынан баран кини санаатын уларпыттараҕа.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |