Иһинээҕитигэр көс

Үрүҥ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Үрүҥ
yes
— Цветовые координаты —
HEX #FFFFFF
ru:RGB¹ (r, g, b) (255, 255, 255)
ru:CMYK² (c, m, y, k) (0, 0, 0, 0)
HSV (h, s, v) (0°, 0%, 100%)

¹: Нормализовано к [0–255]
²: Нормализовано к [0–100]

Инь уонна янь (☯).

Үрүҥхаар курдук дьүһүннээх, маҥан, өҥ.

Үрүҥ өҥ саха культуратыгар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Олоҥхоҕо, остуоруйаларга уонна үһүйээннэргэ: Үрүҥ Элкэнэй, Үрүҥ Уолан, Үрүҥ Үкэйдээн, Үрүҥ Айыы тойон.

Үрүҥ тыын, хара тыын олох диэн суолтаҕа саха норуотун уус-уран айымньытыгар киэҥник туттуллаллар.

Үрүҥ асүүттэн, сүөгэйтэн оҥоһуллар ас (арыы, быырпах, иэдьэгэй, күөрчэх, суорат, тар уо. д. а.).

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр (Анемподист Софронов тыллара) — саха норуотун ырыата.

  • Үрүҥ дьиэ араҥаччыта, хара дьиэ хараҥаччыта — мааны оҕо, дьахтар.
  • Үрүҥ күнэ өлбөөдүйдэ — өлөрө буолла, ыксаата.
  • Үрүҥ тыынын өрүһүй (өллөйдөө) — өлөртөн быыһаа.
  • Үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт — самнарар, атаҕастыыр, баттыыр, утары көрдөрбөт, баһыйар.
  • Үрүҥ-хара сүүрүк — сылгы-ынах (сүөһү) үөрэ.

Сир-дойду ааттара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Үрүҥ Күөл — Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин киинэ.
  • Үрүҥ Хайа — Анаабыр улууһун бөһүөлэгэ, нэһилиэгэ.


pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy