Content-Length: 207729 | pFad | http://sah.wikipedia.org/wiki/1906

1906 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

1906

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1902 1903 1904 190519061907 1908 1909 1910
Уоннуу сыллар
1870-с 1880-с 1890-с1900-с1910-с 1920-с 1930-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1906 сыл.

  • Тохсунньу 4 (билиҥҥиннэн тохсунньу 17) — «Сахалар сойуустара» («Союз якутов») диэн тэрилтэ тэриллибитэ. Тэрийээччи В. В. Никифоров-Күлүмнүүр.
  • Тохсунньу 9Арассыыйаҕа 1905-1907 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ буола турдаҕына Василий Никифоров - Күлүмнүүр тэрийбит Сахалар сойуустарын чилиэннэрэ икки сүүстэн тахса буолан Дьокуускай Думатыгар кэлэн, заседание буола турдаҕына дьиэҕэ киирэн дьокутааттары үлэлээн бүтэллэригэр модьуйбуттар. Кинилэр сүрүн этиилэрэ – Саха омуга Сахатын сирин бас билиэхтээх уонна бэйэтин салайыныахтаах диэни туруорсуу. Дьокутааттар “саҥа састаап талыллыар диэри үлэбитин тохтотобут” диэн үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэр. Губернатор Виктор Булатов өлөрдүү уолуйан Петербурга “инородецтар бас баттах баран эрэллэр, суһаллык 200 киһилээх уонна пулеметтаах этэрээти ыыта охсуҥ” диэн дакылааттаабыт. Сотору кэминэн Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтин чилиэннэрэ кистэлэҥинэн хаайыллыбыттара, онтон бэйэни салайыныы туһугар хамсааһын 1917 сыллаахха дылы уостубута.
  • Тохсунньу 13 — Арассыыйа Ис дьыалатын миниистирэ Петр Дурново Саха уобалаһын губернаторыгар Виктор Булатовка ыйыытыгар премьер-миниистир Сергей Виттеҕэ ыытыллыбыт телеграммаҕа илии баттаабыт Сахалар сойуустарын кыттыылаахтарын барыларын түргэнник тутарга, хаайарга уонна эппиэтинэскэ тардарга модьуйбут. Тохсунньу 5 күнүгэр Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтэ туох баар түһээннэртэн уонна төлөбүрдэртэн аккаастанарын туһунан Арассыыйа премьер-миниистиригэр телеграмманан биллэрбитэ.
  • Тохсунньу 17 — «Сахалар сойуустара» («Союз якутов») (эргэ истиилинэн тохсунньу 4 күнүгэр) диэн түмсүү тэриллибит. Тэрийээччи — Василий Никифоров - Күлүмнүүр.
  • Тохсунньу 18 (уруккунан 5) — Күлүмнүүр Арассыыйа импиэрийэтин Миниистирдэрин сэбиэтигэр, бэрэстээтэл С. Ю. Виттеҕа «Сахалар сойуустарын» ирдэбилин тэлэгирээмэлээбит.
  • Тохсунньу 22 — Ыраахтааҕы сэриилэрэ Чита Өрөспүүбүлүкэтин хам баттаабыттар.
  • Тохсунньу 23 (урукку истиилиэн тохсунньу 10 күнэ) — Бүлүү уокуругун Сунтаар улууһун сахаларын аатыттан Арассыыйа импэрээтэригэр саха бэйэтин бэйэтэ салайыныахтааҕын туһунан сурук (петиция) суруллубут. Сурукка Саха сиригэр баар буола сылдьыбыт Истиэпэннээх Дуума туох да олоҕо суох сабыллыбыта ахтыллыбыт уонна маннык ирдэбиллэр киирбиттэр: 1) биир дууһаттан хомуллар нолуок кыччыахтааҕа, дьаһаах хомуура төлөнөрө (ясачный сбор) тохтуохтааҕа 2) Нолуокка хаалбыт иэстэр сотуллуохтаахтара, 3) Саха уобалаһын дьаһалта-полиция өттүттэн салайыы ууратыллан, сахалар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайыныахтаахтара (ону күбүрүнээтэр эрэ үрдүттэн көрүөхтээҕэ), 4) көмүс уонна туус хостуур сирдэр барыта сахаларга бэриллиэхтээхтэрэ, 5) Саха уобалаһыгар буруйдаахтары көскө ыытары тохтотуу. Суругу учуутал Дмитрий В. Парфенов суруйбут.
  • Тохсунньу 28Санкт-Петербурга дьахталлар политехническэй куурустара арыллыбыттар — Арассыыйаҕа бастакы дьахталлары үөрэтэр техническэй үөрэх кыһата.
  • Тохсунньу 29 (уруккунан 16) күнүгэр Илин Хаҥалас улууһун довереннай инородецтара «Сахалар сойуустарын» ирдэбилин өйөөбүттэрин туһунан үҥсүү киирбит.
  • Тохсунньу 30 (уруккунан 17) күнүгэр Өктөм сахалара мунньахтаан «Сахалар сойуустарын» ирдэбилин өйүүллэрин биллэрбиттэр.
  • Тохсунньу 19 (олунньу 1) күнүгэр Күлүмнүүр Арассыыйа ис дьыалаҕа миниистирин Дурново П. Н. бирикээһинэн хаайыыга быраҕыллар. Бу сытан «Манчаары түөкүн» дырааманы суруйар.
  • Олунньу 10 — Британияҕа саҥа кылаастаах, туох баар атын хараабыллартан таһыччы күүстээх броненосец «Дредноут» ууга киллэриллибит. Сотору кэминэн атын дойдулар эмиэ маннык кылаастаах броненосецтары тутан "куоталаһан" барбыттара.
  • Ыам ыйын 3Николай II ыраахтааҕы нуучча, фиин уонна швед тылларын Финляндия официальнай тылларынан биллэрбит.
  • Ыам ыйын 6 — Арассыыйа 1906 сыллааҕы конституцията ылыныллыбыт (юлиан халандаарынан муус устар 23 күнэ этэ).
  • От ыйын 21 — 44 саастаах Пётр Столыпин Арассыыйа бырабыыталыстыбатын баһылыгынан анаммыт. Бу киһи саҕана сахалары Хотугу Муустаах байҕал кытылыгар көһөрөн баран, Саха сирин киинигэр нуучча бааһынайдарын олохсутар бырайыак үөскээбитэ. Оччотооҕу саха интэлигиэннэрэ Эдуард Пекарскайы эспиэр быһыытынан бу бырайыагы кытта сөбүлэспитин иһин кириитикэлээбиттэрэ.
  • Чөркөөххө Наммара Төрдө диэн сиргэ биир кылаастаах училище аһыллыбыта.
  • Алтынньы 18 — Арассыыйаҕа бааһынайдары атын сословиелары кытта судаарыстыбаннай сулууспаҕа, атын сиргэ көһөргө уонна буолас суутунан таһыллыбат буоларга бырааптарын тэҥниир ыйаах тахсыбыт.
  • Муус устар 7Иван Симаков, сэрии иннинэ Дьокуускайга Гражданскай авиация пилотунан үлэлээбит Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа, байыаннай лүөччүк. Сэриигэ 1941 сыллаахха Дьокуускай куорат военкоматынан ыҥырыллыбыт.
  • Муус устар 11Иван Лебедкин (1941 өлб.) — техническэй үөрэҕи-идэни баһылаабыт бастакы сахалартан биирдэстэрэ, Алданзолото, Якутзолото холбоһук кылаабынай инженерэ. Үөһээ Бүлүү Хомустааҕыттан төрүттээх. Репрессияҕа түбэһэн хаайыыга өлбүтэ.








ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: http://sah.wikipedia.org/wiki/1906

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy