Иһинээҕитигэр көс

Кулун тутар 10

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 69-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 70-c күнэ). Сыл бүтүө 296 күн баар.

  • Арассыыйа АрассыыйаАрхыып күнэ
  • Азербайджан Азербайджан — Дойду тыйаатырын күнэ[1]
  • АХШ АХШ — Гарриет Табман күнэ. Хара тириилээх кулут кэргэнигэр төрөөбүт Гарриет Табман (1822—1913) АХШ-ка гражданскай сэрии кэмигэр 70-ча хара тириилээх ыалы күрэтэн быыһаабыта, кини салайар этэрээтэ 700-тэн тахса кулуту Комбахы өрүс туорааһыныгар босхолообута, сэрии кэнниттэн дьахталлар быыбарга кытталларын туһугар охсуспута
  • АХШ АХШ — дьахталларга уонна кыргыттарга ВИЧ/СПИД туһунан кэпсиир күн
  • Болгария Болгария — Холокост сиэртибэлэрин күнэ
  • Соҕуруу Кэриэйэ Соҕуруу Кэриэйэ — Үлэ күнэ
  • Лаос Лаос — Учуутал күнэ
  • Мьянма Мьянма — Кураан кэмэ саҕаланыыта
  • Румыния Румыния — Сэкиэй омук көҥүлүн күнэ. Бу Румынияҕа олорор венгрдыы саҥарар омуктар бэйэлэрин туспа омугунан ааҕыналлар, түүр төрүттээхтэрэ сабаҕаланар. Бу күн 1854 сыллаахха Михай Гальфи, Кароли Хорват уонна Янош Торёк диэн омук активистарын Австрия импиэрийэтэ өлөртөөбүт
  • Польша Польша — Эр дьон күнэ
  • Тибиэт олохтоохторо — Тибиэт өрө туруутун күнэ. 1959 сыллаахха Кытай баһылааһынан утары өрө туруу кытаанахтык хам баттаммыта, бу күнү Тибиэт кыһалҕатыгар болҕомто тардаары аан дойду үрдүнэн тарҕанан олорор тибиэттэр бэлиэтиллэр
  • Былыргы Рим — Венера күнэ
  • Марио күнэ. Nintendo корпорация көҕүлээһининэн аан дойдуга бэлиэтэнэр. Бу көмпүүтэр оонньуутун дьоруойун дизайнер Сигэру Миямото 1981 сыллаахха айбыта


  • Б.э.и. 241 сылПуника бастакы сэриитэ: Эгаат аттынааҕы кыргыһыыга римляннар Карфаген флотун тимирдибиттэр, Пуника бастакы сэриитэ манан түмүктэммит. Пуниктар (лат. Punicus) диэн римляннар Карфаген олохтоохторун ааттыыллара.
  • 298 — Рим ыраахтааҕыта Максимиан Хотугу Африкаҕа бохуотун түмүктээн Карфагеҥҥа киирбит.
  • 947 — Лю Чжиюань Хойукку Хань династиятын олохтообут. Бэйэтин ыраахтааҕынан биллэрбит.
  • 1496Эспаньола диэн ааттаабыт Кариб байҕалын арыытыгар Санто-Доминго куораты олохтоон баран Христофор Колумб Испанияҕа төннүбүт, баһылыгынан быраатын хаалларбыт.
  • 1735 — Гянджатааҕы сөбүлэҥҥэ Ираан баһылыга Надер-шах уонна Арассыыйа импиэрийэтэ илии баттаабыттар.
  • 1762Тулуза куоракка Жан Калас диэн протестант итэҕэллээх киһини суутунан көлүөһэлээн өлөрбүттэр, мантан сылтаан Вольтер итэҕэли тулуйуу хампаанньатын саҕалаабыт.
  • 1838Манчаары Баһылай отут охсуунан куорат болуоссатыгар таһыллан, Иркутскайдааҕы туус оргутар собуокка хаатырга үлэтигэр ыытыллар.
  • 1910Кытайга кулуттааһын бобуллубут.
  • 1922
    • Сергей Широких-Полянскай Дьокуускайга кэлбит.
    • кулун тутар 10-11 түүнүгэр РКП (б) губбюротун мунньаҕар Губбюро урукку салалтатын туоратыы түмүгэр Саха сирин салалтата уларыйбыта. Лебедевтээх "триумвираттарын" оннугар Бараахаптаах буолбуттара. Ойууунускай ахтарынан, Строд хамаандалаах красноармеецтар хоско көтөн түһэн тройканы арестыыллар. Строд икки илиитигэр наганнаах. Аныгы устуоруктар бу кэнниттэн Саха сиригэр ыытыллыбыт бэлиитикэни "Гуманная политика Барахова" диэн ааттыыллар.
  • 1945 — Дьааҥы маҥнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэриилэһэ сылдьар Илья Попов дьонугар Германияттан бу күн суруйбут суругар Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Винокуровтан дьикти истиҥ уонна сиһилии суругу туппутун сөҕөн суруйбут. Ол сурукка өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Попов аҕата өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннааҕын, убайа чиэһинэй большевигын ахтыбыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьааҥы олоҕун кэпсээбит. Ону таһынан билэр дьонноро тугу гыналларын, куоракка төһө дьиэ тутуллубутун сиһилии суруйбут эбит. Ол суругу дьонугар ыытыах буолбутун, ону бомбалааһыҥҥа түбэһэн туох баар малын кытта күдэҥҥэ көппүтүн кэпсээбит. Попов суруктара Верхоянскай куорат түмэлигэр харалла сыталлар.
  • 1960Канаада индеецтэрэ куоластыыр быраабы ылбыттар.
  • 1976 — «Якутзолото» начальнига Тарас Десяткин(26.04.1928) уонна Нүөрүҥгүрү геолога Салима Каримова Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
  • 2017Кэриэйэ Конституциятын суута Пак Кын Хе бэрэсидьиэни дуоһунаһыттан ууратарга куоластаабыт.
  • 1985 — ССКП генеральнай сэкирэтээринэн Леонид Брежнев кэнниттэн сылтан арыый ордук олорбут Константин Черненко өлбүт. Кини эбэтэ Красноярскай кыраай Дьэһиэйигэр барбыт Ньурба бааһынайа этэ дииллэр (аҕата көскө кэлбит нуучча, ийэтэ саха).


  1. В Азербайджане учреждён День национального театра(суох сигэ — история). Тургутулунна 10 Кулун тутар 2014. Төрүт сириттэн архыыптанна 10 Кулун тутар 2014.
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy