Иһинээҕитигэр көс

Олунньу 3

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 34-с күнэ. Сыл бүтүө 331 күн (ордук хонуктаах сылга 332 күн) баар.

  • Вьетнам Вьетнам — Хомуньуус баартыйа үөскээбит күнэ (1930)
  • Мозамбик Мозамбик — Дьоруойдар күннэрэ
  • Сан-Томе уонна Принсипи Сан-Томе уонна Принсипи — Сэриигэ охтубуттар күннэрэ
  • АХШ АХШ — Түөрт капеллан күнэ. 1943 сыллаахха АХШ аармыйатын 4 капеллана (методистар сыаркаптарын, реформистар сыаркаптарын, католиктар сыаркаптарын аҕабыыттара уонна раввин) ньиэмэс торпедатыттан тимирэн эрэр хараабылтан дьону быыһаабыттара, дагдатар сэлиэччиктэрин атын дьоҥҥо биэрбиттэрэ уонна хараабылы кытта тимирбиттэрэ.
  • АХШ АХШ — Моркуоп туордун күнэ
  • Таиланд Таиланд — Бэтэрээннэр күннэрэ
  • Япония Япония — Сэцубун.
  • 1112Рамон Беренгер III, Барселона граф титуллаах ыраахтааҕыта Дус I диэн Прованс графинятын ойох ылбыт, икки судаарыстыба холбоспуттар.
  • 1451 — Султан Мехмед II Осмаан импиэрийэтин ыраахтааҕыта буолбут.
  • 1488Португалияттан сылдьар Бартоломеу Диаш хараабыла Үтүө Эрэл тумулун эргийэн Моссел хомоҕо тохтообут. Бу оччотооҕуга Европаттан сылдьар киһи сир саамай соҕуруу өттүгэр сылдьыыта этэ.
  • 1661 — Чатрапати Шиваджи Махараджа салалталаах маратхалар сэриилэрэ Улуу Моҕуоллар сэриилэрин Умберхинд кыргыһыытыгар кыайбыттар.
  • 1718Петр I уолун Алексейы бөрөстүөлү ылар быраабын быһан, нэһилиэнньигинэн кыра сарыабыһы Петры оҥорор.
  • 1830Арассыыйа, Британия, Франция бэрэстэбиитэллэрэ Лондонскай боротокуолга илии баттыыллар, бу дөкүмүөн Грецияны тутулуга суох конституционнай монархия оҥорор. Бу иннинэ хас да үйэ тухары Греция туурак султаанын бас билиитигэр этэ.
  • 1867Муцухито Япония ыраахтааҕыта буолбут (Мэйдзи импэрээтэрэ).
  • 1917Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия хааччаҕа суох уу аннынааҕы сэриини саҕалаабытыттан сылтаан АХШ Германиялыын сыһыанын быспыт, сэриигэ кыттыбыт.
  • 1927Порту куоракка Португалия байыаннай диктатууратын утары өрө туруу күөдьүйбүт.
  • 1931 — бу күнтэн олунньу 9 күнүгэр диэри Саха сирин сир үлэһиттэрин Бастакы сийиэстэрэ буолбут. Сири олохтооһун сүрүн боппуруостара көрүллүбүттэр.
  • 1933Адольф Гитлер Үһүс рейх тас бэлиитикэтин сүрүн соругунан ньиэмэстэр олорор эйгэлэрин Илин Европа суотугар кэҥэтии буолар диэн биллэрбит.
  • 1938Исидор Бараахап хаайыллыбыт. Ол эрээри дьыалатыгар доппуруос бастакы боротокуола ол кэнниттэн 146 хонук буолан баран биирдэ суруллубут. Бу биэс ый устата туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан «буруйун» билиммэтэх буолан, доппуруос боротокуола суох диэн устуорук Е. Алексеев суруйар.
  • 1944 — Сэбиэскэй аармыйа чаастара Наарва өрүскэ тахсыбыттар, нөҥүө кытылыгар Наарва куорат аттыгар плацдарм оҥостон Эстония сиригэр үктэммиттэр.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: тыһыынча кэриҥэ истребитель өйөбүллээх АХШ 1500 бомбардировщига Берлин куораты буомбалаабыт. Буомбалааһын ньиэмэстэр 6-с тааҥкалаах аармыйалара илин фроҥҥа Берлининэн баран иһиилэрин тохтотор, уонна Сэбиэскэй аармыйа Одерга кимэн киириитин өйүүр бэлитиичэскэй соруктаах этэ. 2500-3000 кэриҥэ киһи өлбүтэ, 120 000 киһи дьиэтэ суох хаалбыта.
  • 1966 — Сэбиэскэй «Луна-9» хараабыл Ыйга ситиһиилээхтик түспүт бастакы хараабылынан буолбут, Ый ньуурун бастакынан хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыта.
  • 1989 — Байыаннайдар 1954 сылтан Парагвайы баһылаан олорбут диктатор Альфредо Стресснеры былаастан туораппыттар.
  • 2000 — Алдан улууһугар Суннаҕын-Силигир диэн ааттаммыт эркээйи сир тэриллибит.
  • 1840 — дьиҥ статскай советник, Сенат 3 департаменын 1 отделениетын обер-прокурора, французтары утары Аҕа дойду сэриитин дьоруойа, масон, декабристар бастаанньалырын бэлэмнэспит киһи Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт Семён Краснокутскай. Битиимҥэ олорбута. Бырааттарын уонна балтын көрдөһүүтүнэн Тобольскайга көһөрүллүбүтэ (арамачыыстаан босхоҥ этэ).
  • 1982 — Василий Павлов (19.04.1936 төр.) — философия билимин хандьыдаата. 1971 сыллаахха хотугу интэлигиэнсийэ үөскээһинигэр диссэртээссийэтин көмүскээбитэ. 1978 сыллаахха П. И. Докторов уонна П. Т. Тумусов кыттыгастаах «Үөһээ Бүлүү оройуонун сайдыытын былаанын» бэчээттэппитэ.


pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy