Иһинээҕитигэр көс

Муус устар 14

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 104-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 105-c күнэ). Сыл бүтүө 261 күн баар.

  • Соҕуруу Кэриэйэ Соҕуруу Кэриэйэ — Хара күн. Икки ый ынаараа өттүгэр Валентин күнүгэр уонна биир ый ынараа өттүгэр Японияҕа бэлиэтэнэр Үрүҥ күҥҥэ бэлэх туппатах аҥардас дьон бэлиэтиир күннэрэ.
  • 966 — Дубравка диэн Богемияттан төрүттээх христианка кыыһы ойох ылан баран поляннар баһылыктара Мешко I христианствоны ылыммыт, Польша судаарыстыбата төрүттэмит түгэнинэн ааҕыллар.
  • 1294Хубилай Хаан сиэнэ Тимир (монг. Өлзийт Төмөр) Монгуол Импиэрийэтин илиҥҥи өттүгэр сытар Юань импиэрийэтин ыраахтааҕыта буолбут (сүнньүнэн билиҥҥи Кытай сирэ), кэлин монгуоллар бүттүүннэрин 6-с улуу хаанынан билиниллибитэ. Олджейту уонна Чэнцзун диэн титуллардааҕа.
  • 1618 — Сибииргэ Томь өрүс кытылыгар казаактар этэрээттэрэ түспүт уонна Кузнецкай остуруогу (билигин Новокузнецкай куорат) тутан саҕалаабыттар.
  • 1650 — Дьокуускай бойобуодата Дмитрий Францбеков уонна дьяк Осип Степанов Максим Михайлов диэн баһылыктаах дьоҥҥо Өлүөхүмэ остуруогун Федор Афанасьев диэн баһылыктаах дьаһаах хомуйааччыларыттан тутар туһунан сорудах-өйдөбүнньүк (наказная память) суруйбуттар. Сорудахха эргэ остуруогу бөҕөргөтөр, дьаһааҕы хайдах хомуйар туһунан ыйыылар-кэрдиилэр бааллар[1].
  • 1801Александр I ыраахтааҕы Сенат Кистэлэҥ экспедициятын суох гыммыт уонна доппуруос кэмигэр пытканы туһанары боппут.
  • 1816 — Бусса диэн кулут Британия холуонньатыгар Барбадоска өрө турууну тэрийбит. Барбадос наассыйатын бастакы дьоруойун быһыытынан билиниллэр.
  • 1849 — Лайош Кошут диэн киһи салалтатынан Венгрия Австрияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1900Парижка Европа саамай бөдөҥ быыстапката аһыллыбыт.
  • 1909Осман импиэрийэтигэр киирэр Киликияҕа эрмээннэри өлөртөөбүттэр.
  • 1912 — «Титаник» саахалламмыт.
  • 1922 сыллаахха бу күн Саха күбүөрүнэтин сэбилэниилээх күүстэрин командующайа оперативнай дааннайдарынан «баандалар» ахсааннара:
Бастакы хайысха — Покровскай учаастага — Николаев баандата, 300 киһилээх, Хачыкаакка бааллар.
Иккис — Павловскай учаастага — Тыллымы нэһилиэгэр 70-ча киһилээх баанда. Үксэ нууччалар, Шинков Иван салайааччылаах. Доҥоҥо (Павловскайтан 35 биэрэстэлээх сир) — 35 киһилээх этэрээт. Улуу-Сыһыы (20 биэрэстэ) — 40-ча киһилээх Скрябин диэн саха киһитэ хамандыырдаах этэрээт. Догдонинский наслег (Хаар балаҕан диэн сир) — 50 киһи. Бу этэрээттэр штаабтара Хаптаҕай нэһилиэгин Харыйалаах диэн сиригэр баар эбит, манна өссө 200-чэ киһи.
Үһүс — Маҥан учаастага — Намсыыр күөлгэ кулун тутар 28 күнүгэр хотторон баран I Үөдэй нэһилиэгин Спасскай таҥаратын дьиэтигэр 100-чэ киһилээх этэрээт түспүт. Хамандыыр — Турнин диэн саха киһитэ.
Барыта Дьокуускай тула 1500 бандьыыт баар диэн суруллубут. Аммаҕа, Бүлүүгэ, Верхоянскайга уонна Халымаҕа хас киһи баара биллибэт диэн суруллубут.
  • 1941 — Трахома диспансера Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата буолбут.
  • 1975 сыллаахха Саха АССР култууратын министиэристибэтин коллегиятын быһаарыытынан Пушкин аатынан бибилэтиэкэ иһинэн Аҕыйах ахсааннаах омуктар сиэктэрдэрэ тэриллибитэ. Пуондатын олоҕунан Г.М. Василевич бибилэтиэкэтин кинигэлэрэ буолбуттара, барыта аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларынан 43 кинигэ этэ.
  • 1978Грузин тылын судаарыстыбаннай статуһун уларытыыны утаран Тбилисигэ демонстрация буолбут. ССРС салалтата 1977 сыллаахха ылыныллыбыт ССРС Конституциятыгар олоҕуран грузин тылын судаарыстыбаннай статуһун суох гыныан баҕарбыта. Элбэх дьон утарбытын иһин тыл статуһа оннунан хаалбыта. Бу күн Грузияҕа 1990 сыллаахха Тыл күнүнэн биллэриллибитэ.
  • 2007 — Арассыыйа бөдөҥ куораттарыгар Сөбүлэспэттэр марштара иккис төгүлүн ыытыллыбыт.
  • 2010 — Исландияҕа Эйафьадлайокудль вулкаан эстиитэ күүһүрбүтэ.
  • 1862Пётр Столыпин (1911 өлб.), нуучча судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, ис дьыала миниистирэ, Арассыыйа премьер-миниистирэ (1906—1911), аграрнай реформа көҕүлээччитэ.


  1. РГАДА, Ф. 1177. Якутская приказная изба. Д. 907, л. 34-42 (А.А. Калашников, История Якутии в фондах федеральных архивов России, справочник, 2012)
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy