Иһинээҕитигэр көс

Марина Цветаева

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Марина Ивановна Цветаева (1892, Москуба, — 1941, Елабуга, ССРС) — нуучча поэта, тылбасчыта, XX үйэ бөдөҥ поэттарыттан биирдэстэрэ.

Марина Цветаева 1892 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Москубаҕа төрөөбүтэ. Аҕата, Иван Владимирович, — Москуба университетын профессора, биллиилээх филолог уонна искусствовед; кэлин Румянцев түмэлин дириэктэрэ уонна и основателем Ойуулуур ускуустуба түмэлин тэрийээччи. Ийэтэ, Мария Мейн (төрдө — нууччатыйбыт поляк-ниэмэс ыалыттан), пианистка этэ, Антон Рубинштейн үөрэнээччитэ.

Уустук олоҕу олорбута. Икки кыыстааҕыттан биирэ оҕо дьиэтигэр иитиллэ сылдьан аччыктаан өлбүтэ. 1922—1939 сылларга кэргэнин үрүҥ эппиһиэри батыһан эмиграцияҕа олорбута. Онтон кэргэнин дойдутугар төннөрүн көҥүллээбиттэригэр ССРС-ка кэлбиттэрэ. Ол сыл сайыныгар кыыһын Ариаднаны уонна кэргэнин Эфрону хаайбыттара, кэлин кэргэнин ытан өлөрбүттэрэ. Соҕотох уола сэрии кэмигэр 1944 сыллаахха бааһыран өлбүтэ.

Бэйэтэ Елабуга куоракка Татарстааҥҥа көскө сылдьан 1941 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ. Көмүллүбүт сирэ чуолкай биллибэт, 1960 с. Елабуга кылабыыһатыгар эдьиийэ Анастасия кириэс туруортарбыта.

Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
Марина Цветаева Биики Хааһахха
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy